Найти тему
Федот Тумусов

Тумусов: От всей души поздравляю с днем родного языка!

Дорогие друзья!
От всей души поздравляю с днем родного языка!

Күндү Сахам дьоно!

Төрөөбүт төрүт тыл күнүнэн бука барыгытыгар итии истиҥ эҕэрдэ!

Өбүгэлэрбититтэн, ийэлэрбититтэн, аҕаларбытыттан эппитигэр- хааммытыгар иҥэриллэн бэриллибит төрөөбүт тылбытын харыстыаҕыҥ, бүөбэйдиэҕиҥ, сайыннарыаҕыҥ, туруктуоҕуҥ, уруйдуоҕуҥ!

Биһиги киһи буолан бу Орто Туруу Бараан Дойдуга кэлэммит өс эйгэни өһүлэр сыалбытын- сорукпутун ситиһэр сүрүн күлүүспүт тыл буолар. Өскөтүн ол күлүүспүт эргэрэр, элэйэр күнүгэр бүтүн омук олоҕор куттал суоһуур. Ону биһиги, сахалар, ис күүспүт барҕа буолан тылбытын харыстаан күлүмүрдэтэн иһэр кэриҥнээхпит. Эдэр ыччат, оҕолорбут ол суолу тутуһаллар. Ону элбэх майгы, көстүү кэрэһэлиир.

Сахалыы саҥалаах, тыллаах- өстөөх, суруктаах- бичиктээх, өйдөөх- санаалаах буоларбытынан киэн туттуоҕуҥ, өрөйөн- чөрөйөн биэриэҕиҥ!