sfd
*Түмсүө этибит даҕаны... Ньурба баһылыгар биир “диваннайтан” хоруй...*
Сорунуулаахтык —*СУР.* Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев, тэҥнээхтэригэр биллэринэн Леха-Америка,“бөө!” диэбитэ социальнай ситимнэри толордо. Чэ, ол бэйэтин дьыалата, ким баҕарар бэйэтин санаатын суруйара баа буолбатах. Мин кини курдук ону бопсубаппын. Манна диэн эттэххэ, “гласность” диэн ааттанар өйдөбүлү кини эрэ буолбатах, элбэх тойон сөбүлээбэт буолуохтаах. Ол билиҥҥи сиэргэ баппатын өйдүүр буолан, маладьыаһыҥ дьахталларга сөрөнө сатаабыт — саха дьахталлара баар буоланнар “чыып-чаап” дэһэбит диэн...