Найти тему

Билими (науканы) саха тылынан төһө тарҕатабытый, сайыннарабытый диэн кэпсэтии таҕыста. ⠀



Онтон сиэттэрэн эттэххэ, икки сыллааҕыта Өлүөхүмэ олоҥхотун бэчээккэ бэлэмнии сылдьан, киирии ыстатыйатын сахалыы нэһиилэ суруйдум. Этиим үксэ нууччалыыттан туруору тылбаас курдук. Дьэ, бабат диэтим. ⠀


Бу тыа сиригэр сахалыы эйгэҕэ улааппыт, саха оскуолатыгар, саха тылын дириҥэтэн үөрэтэр гуманитарнай кылааска үөрэммит, саха тылын учуутала үөрэхтээх, саха фольклорун чинчийэ сылдьар киһиэхэ сүрдээх кыбыстыылаах да, киһини дьиксиннэрэр да суол эбит. ⠀


Сахалыы суруйбатаҕым өр буолбут, оннук үөрүйэҕим, дьарыгым суох буолбут эбит. Биир кэм нуучча тылынан ыстатыйа, научнай отчуот суруйар, дакылааттыыр эбиппин. Хайдах эмэ гынан, дьэ, нууччалыы үчүгэйдик суруйбут киһи диэн. ⠀


Кэнники кэмҥэ олоҥхо кинигэлэрин киирии ыстатыйаларын нууччалыы суруйар буолан эрэллэр. Тылбаас кинигэтэ син өйдөнөр. Учууталбыт Баһылай Баһылайабыс Илларионов сахалыы суруйарын кэрэхсиибин. Кини курдук таһымҥа тахсар ыраах буолуо да буоллар, төрөөбүт тылбытын атарыхсыппакка, туттуллар эйгэтин кэҥэтэргэ кыһаллар кэм кэлбит эбит. ⠀


Урут социальнай ситимҥэ тугу да суруйбат этим. Бүтэй соҕус киһибин. Билигин сахалыы суруйарбын тупсараары, бу ону-маны кыралаан суруйабын. Туһалыыр эбит. Былырыын эмиэ олоҥхо кинигэтигэр сахалыы киирии ыстатыйа суруйарбар көмөлөстө. Быыс булан сахалыы ыстатыйа суруйбут киһи...⠀
Билими (науканы) саха тылынан төһө тарҕатабытый, сайыннарабытый диэн кэпсэтии таҕыста.
1 минута