Добавить в корзинуПозвонить
Найти в Дзене

"Ийэҕэ махтал" кинигэбит таҕыста

Хас биирдии киһи олоҕор ийэ улахан оруолу ылар. Олунньу ыйга биһиги күн күбэй ийэбит Евдокия Николаевна Соловьева төрөөбүтэ 100  сылын туолла. Ийэбит төрөөбүт сылыгар оҕолоро бэлэмнээбит "Ийэҕэ махтал" диэн кинигэбит соторутааҕыта Компания "Дани-Алмас" ХЭТ бэчээттэнэн күн сирин көрдө. Бу кинигэбитигэр Хаҥалас улууһун олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ, хос эбээтэ Евдокия Николаевна Соловьева оҕолорун, сиэннэрин ахтыылара, хоһоонноро, хаартыскалара киирдилэр. Кинигэбит 320 страницалаах, А4 кээмэйдээх буолла. "Ийэ сүрэҕэ - оҕоҕо" диэн өс хоһооно этэринии, тапталлаах ийэбит барахсан олоҕун бүтүннүү биһиэхэ, оҕолоругар анаабыта. Күндү киһибит олоҕун  сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар. Ийэбит күн бүгүҥҥэ диэри биһигини барыбытын арчылыыр, араҥачылыыр  уонна харыстыыр. Лидия Христофорова, Тумул с.   @Новости газеты «Хангалас»

"Ийэҕэ махтал" кинигэбит таҕыста

Хас биирдии киһи олоҕор ийэ улахан оруолу ылар. Олунньу ыйга биһиги күн күбэй ийэбит Евдокия Николаевна Соловьева төрөөбүтэ 100  сылын туолла. Ийэбит төрөөбүт сылыгар оҕолоро бэлэмнээбит "Ийэҕэ махтал" диэн кинигэбит соторутааҕыта Компания "Дани-Алмас" ХЭТ бэчээттэнэн күн сирин көрдө.

Бу кинигэбитигэр Хаҥалас улууһун олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ, хос эбээтэ Евдокия Николаевна Соловьева оҕолорун, сиэннэрин ахтыылара, хоһоонноро, хаартыскалара киирдилэр. Кинигэбит 320 страницалаах, А4 кээмэйдээх буолла.

"Ийэ сүрэҕэ - оҕоҕо" диэн өс хоһооно этэринии, тапталлаах ийэбит барахсан олоҕун бүтүннүү биһиэхэ, оҕолоругар анаабыта. Күндү киһибит олоҕун  сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар. Ийэбит күн бүгүҥҥэ диэри биһигини барыбытын арчылыыр, араҥачылыыр  уонна харыстыыр.

Лидия Христофорова, Тумул с.

 

@Новости газеты «Хангалас»

-2
-3
-4