Өлүөнэ Эбэ халаанныырын туһата Өлүөнэ Эбэбит сааскы халаан уута туһатын суруйабын. Өбүгэлэрбит, эрдэ сааскыттан ылата, өрүс «харарын» билгэлииллэр этэ. Былыргы кырдьаҕастарга халлаан туругун билгэлиир дьон бааллара. Кинилэр саас өрүс харыытын, арыт «намыһах ходуһа уута», арыт “үрдүк ходуһа уута” кэлэр диэн билгэлииллэрэ. Намыһах ходуһа уута икки-үс сыл халаанныыр, орто ходуһа уута эмиэ икки-үс сыл, үрдүк ходуһа уута уон сылга биирдэ халаанныыр дииллэрэ. Саас өрүс уута хамсаан эрэр буоллаҕына, биэрэккэ киирэн маныыллара. Сиhилии: https://ханаласгазета.рф/72377-2/ Улахан Аан олохтооҕо, 84 саастаах үлэ бэтэрээнэ, кадровай булчут Василий Иванов. @Новости газеты «Хангалас»