Добавить в корзинуПозвонить
Найти в Дзене

Номохтор кэпсииллэр

Сабыһыйаан Былыр 200 сыллаахха бу Кытыл Дьураа диэн сиргэ Бүлүү киһитэ Сабыһыйаан диэн киһи киирбитэ үһү. Ол киирэн бэрт элбэх оҕону төрөппүт үһү дииллэр. Биир Чоно диэн уоллааҕа үһү. Ол киһини Дьэкэмдэҕэ сүөһү ииттэрэллэрэ үһү, баай киһи буоллаҕа буолуо. Ол уола ойохтоох эҥиннээх үһү. Оҕонньор биирдэ түүл түһээбит уонна: «Оо, Чоноттон ааттаах уол төрөөтө» - диэбит. Ол гынан баран күһүнүгэр ол Чонотугар барбыт. Чонотун ойоҕо бөлүүн төрөөбүт үһү. Ити барыта нууччалар кэлэ иликтэринэ үһү. Сабыһыйаан Чонотугар туран этэр: - Нохоо, чэ, эйигин бырааттарыҥ сүгүннүөхтэрэ суох, – диир. - Онон Сиинэ аллараа өттүгэр Саккырыыр диэн сир баар, онно бар, - диир. Сиhилии: https://ханаласгазета.рф/sabyһyjaan/ Илья Алексеевич Киров, V Малдьаҕар нэһилиэгин “Коммунизм” холхуос чилиэнэ, 1957 с. кэпсээниттэн (ССРС НА СС Дьокуускайдааҕы салаатын фондатыттан).   Галина Шадрина, кыраайы үөрэтээччи («Во имя будущности края Илья Шадрин» кинигэттэн). Википедия хаартыската. @Новости газеты «Хангалас»

Номохтор кэпсииллэр

Сабыһыйаан

Былыр 200 сыллаахха бу Кытыл Дьураа диэн сиргэ Бүлүү киһитэ Сабыһыйаан диэн киһи киирбитэ үһү. Ол киирэн бэрт элбэх оҕону төрөппүт үһү дииллэр. Биир Чоно диэн уоллааҕа үһү. Ол киһини Дьэкэмдэҕэ сүөһү ииттэрэллэрэ үһү, баай киһи буоллаҕа буолуо. Ол уола ойохтоох эҥиннээх үһү. Оҕонньор биирдэ түүл түһээбит уонна: «Оо, Чоноттон ааттаах уол төрөөтө» - диэбит.

Ол гынан баран күһүнүгэр ол Чонотугар барбыт. Чонотун ойоҕо бөлүүн төрөөбүт үһү.

Ити барыта нууччалар кэлэ иликтэринэ үһү. Сабыһыйаан Чонотугар туран этэр:

- Нохоо, чэ, эйигин бырааттарыҥ сүгүннүөхтэрэ суох, – диир. - Онон Сиинэ аллараа өттүгэр Саккырыыр диэн сир баар, онно бар, - диир.

Сиhилии: https://ханаласгазета.рф/sabyһyjaan/

Илья Алексеевич Киров, V Малдьаҕар нэһилиэгин “Коммунизм” холхуос чилиэнэ, 1957 с. кэпсээниттэн (ССРС НА СС Дьокуускайдааҕы салаатын фондатыттан).

 

Галина Шадрина, кыраайы үөрэтээччи («Во имя будущности края Илья Шадрин» кинигэттэн).

Википедия хаартыската.

@Новости газеты «Хангалас»