! Биир ийэ тылтан иитиллэн тахсаммыт, тыл баайдаах саха омук буолан Олоҥхо дойдутун дьоно-сэргэтэ ааттанан сомоҕолоһон олордохпут. Сэһэргэһэр сэһэн тыллаах, алтыһар айыы тыллаах, сах саҕаттан саҕыламмыт саха тыллаах омук буолар уратыбыт - симэлийэн сүппэт сүдү күүспүт, үүнэр-сайдар балысхан кыахпыт. Тыл - көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр улуу нэһилиэстибэ, омугу сомоҕолуур сүрүн күүс. Ийэ тыл төрөөбүт дойдуну кытта ыкса ситимнээх, норуоту байытар, сайыннарар-үүннэрэр түмэр күүстээх! Төрөөбүт тылбытын таптыаҕыҥ, баай тылбытын баһылыаҕыҥ, ийэ тылбытын харыстыаҕыҥ! #ЕдинаяРоссия #ЕР14 👻МАХ💙ВК💬ТГ📝ДЗЕН💬ОК