Найти в Дзене

💠 Саха халандаарынан 2026 сыл — Үрүҥ Айыы Тойон сыла

! Үрүҥ Айыы Тойон – дьоҥҥо сырдыгы, сылааһы, үтүөнү сыдьаайар, сир үрдүгэр баар бары тыыннаах олоҕун түстээччи Күн Таҥарата. Бары айыылар баһылыктара буоларынан ытык мааны бэйэлээх, үкэр куйаас тыыннаах, сырдык ыраас санаалаах, муударай өйдөөх. Төрүт эпоспытыгар Үрүҥ Айыы Тойон ытык кырдьаҕас курдук ойууланар. Кини уобараһа кырдьыгы, ыраас санааны, сиэрдээх майгыны көрдөрөр. Күн, саха киһитин көрүүтүнэн, киһи-аймах олоҕун тирэҕэ, күүһүн-уоҕун төрдө. Ол иһин саха дьоно Күнү өрө тутар, сүгүрүйэр. Үүммүт Үрүҥ Айыы Тойон сыла үтүөнү эрэ үксэттин, сырдыгы эрэ сыдьаайдын! Айыыһыккыт аргыстастын, Иэйиэхсиккит эҥэрдэстин! Этэҥҥэ эрэ буолуҥ! @ulusmedia 📲 Читайте нас в MAX @Новости газеты «Хангалас»

💠 Саха халандаарынан 2026 сыл — Үрүҥ Айыы Тойон сыла!

Үрүҥ Айыы Тойон – дьоҥҥо сырдыгы, сылааһы, үтүөнү сыдьаайар, сир үрдүгэр баар бары тыыннаах олоҕун түстээччи Күн Таҥарата. Бары айыылар баһылыктара буоларынан ытык мааны бэйэлээх, үкэр куйаас тыыннаах, сырдык ыраас санаалаах, муударай өйдөөх.

Төрүт эпоспытыгар Үрүҥ Айыы Тойон ытык кырдьаҕас курдук ойууланар. Кини уобараһа кырдьыгы, ыраас санааны, сиэрдээх майгыны көрдөрөр. Күн, саха киһитин көрүүтүнэн, киһи-аймах олоҕун тирэҕэ, күүһүн-уоҕун төрдө. Ол иһин саха дьоно Күнү өрө тутар, сүгүрүйэр.

Үүммүт Үрүҥ Айыы Тойон сыла үтүөнү эрэ үксэттин, сырдыгы эрэ сыдьаайдын! Айыыһыккыт аргыстастын, Иэйиэхсиккит эҥэрдэстин! Этэҥҥэ эрэ буолуҥ!

@ulusmedia 📲 Читайте нас в MAX

@Новости газеты «Хангалас»