«Мэтээл» диэн пьесаны мин өссө 2015 сыллар диэки суруйан саҕалаабытым. Бу үлэм 2020 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ сэриигэ аналлаах айымньылар күрэхтэригэр Дипломунан бэлиэтэммитэ. Спартак Федотов аатын сүгэр норуодунай тыйаатырбыт ахсынньы томороон тымныы күн Улуу Кыайыы 80 сылын түмүктүүр уонна 40-нус тыйаатыр сезонун арыйар киэһэтигэр бу пьесаны испэктээх оҥорон туруорда. Камернай испэктээх олус диэн долгутуулаах буолла, толорооччу артыыстар оруолларын дьиҥ-чахчы кыайа туттулар. Сиhилии: https://ханаласгазета.рф/68773-2/ Прокопий НОГОВИЦЫН, кыраайы үөрэтээччи. @Новости газеты «Хангалас»