ВИДЕОФАКТ П.И. Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолатыгар “ИНАГРО” үөрэтэр-оҥорон таһаарар сыаҕы үөрүүлээх быһыыга арыйдылар, аалай кыһыл лиэнтэни кырыйдылар. Бу оскуола Ил Дархан 1 мөл 537 тыһыынча суумалаах гранын кыайбыта. Ити түмүгэр миэбэл оҥорор сыаҕы, мүөттээх ыҥырыалар лабораторияларын уонна оҕуруот аһын сыаҕын арыйдылар. Оттон сыах дьиэтин тутуутугар нэһилиэк дьон-сэргэ кыттыһан, оскуола үбүлүөйүгэр оскуоланы үөрэнэн бүтэрбит үтүө дьон 800, улуус 500, нэһилиэк дьаһалталара 100 тыһыынчаны биэрбиттэр. Ил Түмэн дьокутаата, “Якутцемент” АУо ПХ генеральнай дириэктэрэ Алиш Мамедов дьиэ муостатын бетоннааһыҥҥа 300 тыһ.солкуобай үбүнэн көмөлөспүт. Манна дьарыктаммыт оскуола үрдүкү кылааһын оҕолоро сатабыллаах, олоххо бэлэмнээх дьон буола үүнэн тахсыахтара. Уйбаан УЙГУУРАП, ааптар видеоҕа түһэриитэ. @Новости газеты «Хангалас» В этом посте есть большое видео, которое не загрузилось в Дзен. Откройте оригинал поста в телеграме, чтобы его посмотреть