«АЙТЫЫН» 25 сыл сайдыы суолунан Покровскайдааҕы «АЙТЫЫН» сыыппара технологиятын коллеһа аны аҕыйах хонугунан, ахсынньы 3 күнүгэр, 25 сыллаах үбүлүөйдээх күнүн бэлиэтиэҕэ. Бу сыллар устата үөрэх тэрилтэтэ, үгүс-элбэх аныгы сайдыылаах ыччаты иитэн-үөрэтэн олох киэҥ аартыгар таһаарда. Кэрэ-бэлиэ күн үлэ-хамнас хайдах саҕаламмытын ахтан-санаан ааһыахтара, түмүк таһаарыахтара, инникигэ сыал-сорук туруорунуохтара. Манна дириэктэринэн СӨ үөрэҕириитин туйгуна Сергей Сысолятин ситиһиилээхтик үлэлиир. - Сергей Иннокентьевич, эн бу үөрэх кыһатыгар хас сыллаахтан, хайдах үлэҕин саҕалаабыккыный? - 2019 сыллаахха дириэктэри уопсай боппуруостарга солбуйааччынан ыҥырбыттара. Оччолорго дириэктэринэн Владислав Гаврильевич Хабаров үлэлиирэ. Колледж кэлэктиибин хамаандатын кытта бииргэ хас да хайысханан "Профессионалы" диэн хамсааһын чөмпүйэнээтин киллэрэн туран тэҥинэн үлэни тэрийбиппит. Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/ajtyyn-25-syl-sajdyy-suolunan/ Уйбаан Уйгуурап. @Новости