ФОТОВИДЕОФАКТ Сылын аайы Тумул нэһилиэгэр Аҕа сэбиэтин көҕүлээһининэн муус ыллылар. Быйыл бу үтүө үгэспит өссө киэҥ далааһыннанна. Аҕа баһылыкпыт Тимур Семенов нэһилиэк эр дьонун мунньан муус ылыытыгар субуотунньуктаатылар. Олохтоох дьаһалта, Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын, Спорт-култуура киинин эр хоһууннара көхтөөх үлэҕэ турунан нэһилиэк дьонун ыраас мууһунан хааччыйдылар. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор МТЗ тыраахтардаах Терентьев Юрий, Христофоров Николай мууһу тиэйиигэ күүс-көмө буоллулар. Тумул олохтоохторо - сэрии сылларын оҕолоро, үлэ бэтэрээннэрэ, элбэх оҕолоох ыаллар, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрин үөрүүлэрэ муҥура суох. Кинилэр куйаар ситиминэн итии-истиҥ махталларын, алгыс тылларын эр дьоммутугар анаатылар. Яна Кузьмина, Тумул с. @Новости газеты «Хангалас»