Чулуулартан бастакылара “Саха сирин чулуу дьоно” диэн ааттаах кинигэ серията 2024 с. олохтоммут эбит. Бу маннык кинигэҕэ Хаҥалас үлэһит дьонуттан Е.В. Андреев аан бастакынан киирбит. Емельян Васильевич туһунан бэртээхэй кинигэни СГУ-ХИФУ педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Егорова Февронья Николаевна хомуйан оҥорбут. Кинигэ аҕыс түһүмэхтээх турар. Хас биирдии түһүмэх тус-туһунан анал ааттаах ахтыылардаах, элбэх быһаарыылаах хаартыскалардаах, аныгылыы киэбинэн QR-кодунан түһэриилэрдээх. Кинигэ билиһиннэриитэ Бастакы Президеммит архыып — бибилэтиэкэтигэр ыытыллыбыта элбэҕи этэр. Сиhилии: https://ханаласгазета.рф/chuluulartan-bastakylara/ Ермолай Скрябин. @Новости газеты «Хангалас»