Найти в Дзене

🌿 Тыа сирэ: Горнай улууһун Солоҕоно хайдах олорор

🌿 Тыа сирэ: Горнай улууһун Солоҕоно хайдах олорор 🔹🔹 Горнай улууһун Солоҕоно оройуон кииниттэн 80 килэмиэтир арҕаа сытар кытыы нэһилиэк. Уус тыллаах олоҥхоһуттар, суруйааччылар, үлэһит үтүөтэ дьон уутуйан үөскээбит сиригэр 500 кэриҥэ киһи түөлбэлээн олорор. 🧈🐂 Былырыын саҥа арыы сыаҕа арыллыбыта, онтон быйыл кэлии боруода сүөһүнү бастакытын кыстатан эрэллэр. Онон олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы балачча кэҥиирэ күүтүллэр. 🎥 Айршир боруода Солоҕоҥҥо олохсуйуутун, оскуола, түмэл олоҕун, нэһилиэк дьаралыгын, өрөгөй ырыатын туһунан итиэннэ олохтоох дьаһалта ыытар былааннаах үлэтин, туох кыһалҕа баарын сиһилии Улус.Медиа биэриитигэр көр. ➡️ Сиһилии: https://vkvideo.ru/video-197321747_456245356 @ulusmedia 📲 Читайте нас в MAX

🌿 Тыа сирэ: Горнай улууһун Солоҕоно хайдах олорор

🔹🔹 Горнай улууһун Солоҕоно оройуон кииниттэн 80 килэмиэтир арҕаа сытар кытыы нэһилиэк. Уус тыллаах олоҥхоһуттар, суруйааччылар, үлэһит үтүөтэ дьон уутуйан үөскээбит сиригэр 500 кэриҥэ киһи түөлбэлээн олорор.

🧈🐂 Былырыын саҥа арыы сыаҕа арыллыбыта, онтон быйыл кэлии боруода сүөһүнү бастакытын кыстатан эрэллэр. Онон олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы балачча кэҥиирэ күүтүллэр.

🎥 Айршир боруода Солоҕоҥҥо олохсуйуутун, оскуола, түмэл олоҕун, нэһилиэк дьаралыгын, өрөгөй ырыатын туһунан итиэннэ олохтоох дьаһалта ыытар былааннаах үлэтин, туох кыһалҕа баарын сиһилии Улус.Медиа биэриитигэр көр.

➡️ Сиһилии: https://vkvideo.ru/video-197321747_456245356

@ulusmedia 📲 Читайте нас в MAX