#барыбииргэ Буойуттарбытыгар көмөлөһөбүт Анал байыаннай дьайыыга Сиинэ нэһилиэгиттэн хас да уол сулууспалыы сылдьар. Олохтоохтор Ийэ дойду интэриэһин көмүскүү сылдьар буойуттарбытыгар көмөҕө халыҥ, сылаас таҥас хомуйан көмө оҥорорбутун салгыыбыт. Бары этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр, ил-эйэ олохтоноругар баҕарабыт. Ульяна Степанова, социальнай үлэһит, Сиинэ сэл. @Новости газеты «Хангалас»