Үүтү туттарыы хайдаҕый? Быйылгы үүтү туттарыы былаана улууска – 5170,0 туонна. Бу дьыл атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн 3721,524 туонна үүт (сыллааҕы былаантан 71,98%.) соҕотуопкаламмыт. Былырыын үүккэ былаан 5016,32 туонна этэ, 2024 сыл бу кэминээҕи көрдөрүүтэ 3588 тоннаҕа тэҥэ, о.э. былаан 71,52 % туолбута. Соҕотуопкаһыттартан быйыл «Ситим» ТХПК көрдөрүүтэ бастыҥ, былаанын 80,03% толорон иһэр. Иккис үчүгэй көрдөрүүлээх — «Хаҥалас Агрохолдинг» ТХПК, 880 туонна үүт былааннааҕыттан 78,52% толордо, оттон «Ханалас-Ас» ТХПК 67,62% ситистэ. Кини кэнниттэн «Бөртө-Ас» ТХПК тилэх баттаһа иһэр, былаана 64,39% туолла. https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/%d2%af%d2%aft%d2%af-tuttaryy-hajda%d2%95yj/ Ольга ГЕРМОГЕНОВА. @Новости газеты «Хангалас»