ФОТОВИДЕОФАКТ Саха сирэ – Геройдар дойдулара Өктөмҥө Билим Дьоҕус академиятын киэҥ уораҕайыгар “Саха сирэ – Геройдар дойдулара” каадырдары бэлэмниир бырагыраама сирэй үөрэниигэ иккис түһүмэҕэ саҕаланна. Манна 25 Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна бэтэрээннэрэ Сахабыт сиригэр салайыыга үөрэнэр хамсааһыннарыгар кыттыылара буолар. Үөрэнэр бырагыраама аныгылыы ньыманан уонна салайыы саҥа технологияларынан хамаанданан үлэҕэ, тус бэйэлэрэ сайдыыларын барыллыыр. Инникитин хорсун буойуттар салайааччы буолан дьон кыһалҕатын быһаарарга бары билиилэрин, үөрүйэхтэрин, сатабылларын ууруохтара. Уйбаан УЙГУУРАП, ааптар видеоҕа устуута уонна хаартыскаҕа түһэриитэ. @Новости газеты «Хангалас»