#Барыбииргэ Покровскайдар хаххалыыр сиэккэни өрөллөр 2024 сыл тохсунньу ыйыгар Покровскай куорат олохтооҕо Елена Сальченко Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан хаххаланар сиэккэни өрүүнэн дьарыктанар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Саха сирин бойобуой шелкопрядтара" волонтердар хамсааһыннарын филиалын тэрийбитэ. Күн бүгүн филиалга улуус киинигэр олорор ийэлэр, эбээлэр мустан байыастарга олус наадалаах сиэккэлэри өрөллөр. Елена биир санаалаахтарын кытта бу кэм устата 600-чэкэ хаххалыыр сиэккэни өрдүлэр. Бу, биллэн турар, сүүһүнэн быыһаммыт олохтор. Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/pokrovskajdar-hahhalyyr-siekkeni-ereller/ Ольга Гермогенова. Хаартыскалары, видеоны Елена Сальченко тиксэрдэ. @Новости газеты «Хангалас»