🚀Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр саҥа «Mария» диэн ааттаах чааһынай бэкээринэ үлэтин саҕалаата. Бэлиэтээн эттэххэ, нэһилиэккэ чааһынай бородуукта маҕаһыыннара чугас эҥэр улуустартан килиэп аҕалан атыылыы сылдьыбыттара. Онон бэйэ киһитэ бэкээринэ аспыта бары өттүнэн көдьүүстээх, үтүө дьыала буоллаҕа. 🌟Урбаанньыт Константин Моякунов бэйэтэ Мэҥэ Алдантан төрүттээх. Аҕата Николай Моякунов Ленскэй улууһуттан төрүттээх. Ийэтэ Акулина Колодезникова төрүт Мэҥэ Алдан олохтооҕо. ⚡Константин бэйэ дьыалатын 2008 сылтан арыммыта. «Бастаан олохтоох дьаһалтаттан сир учаастага быстаран, дьиэ көҥдөйө атыылаһан, туттан, ас маҕаһыына аспытым», - диэн кэпсиир. 📎Читайте по ссылке @moibizsakha
🚀Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр саҥа «Mария» диэн ааттаах чааһынай бэкээринэ үлэтин саҕалаата
28 августа 202528 авг 2025
~1 мин