Эркээни-2025 Эркээни хочотугар тойук дуорайда Быйыл «Эркээни-2025» ыһыах чэрчитинэн Тойук күрэҕэр дьүүллүүр сүбэҕэ киирэн үлэлээтим. Күрэххэ барыта 9 киһи кытынна,икки көрүҥүнэн ыытылынна: Кыайыы 80 сылыгар анаммыт эрдэ бэлэмнэниллибит тойугу толоруу уонна бэриллэр тиэмэнэн тута хоһуйан толоруу. Тойуксуттары истэ олорон хомоҕой хоһоонноруттан, үөһээттэн тохтор добун тойуктарыттан олус үөрдүм, астынным. 9 киһи бары эриэ-дэхси эрийистилэр. Оннооҕор тута хоһуйууга эрдэттэн бэлэмнэммит курдук тыллара-өстөрө субу кутулла турара истиэххэ эриэккэс! Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/63394-2/ Федора Фомина. @Новости газеты «Хангалас»