Социальнай үлэһит күнүгэр Үлэбит дьон олоҕор улахан суолталаах Социальнай үлэһит диэн идэ эрэ буолбатах, бу — анал. Мин Сиинэ нэһилиэгэр социальнай үлэһитинэн 21 сылын бэриниилээхтик үлэлии-хамныы сылдьабын. Отделениябытыгар 19 социальнай үлэһит уонна 8 көмөлөһөөччү баар. Уопсайа 200 соҕотох олорор кырдьаҕастары, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону көрөбүт-истэбит. Ол курдук кырдьаҕастарбытыгар нэдиэлэҕэ 2-3 сылдьан дьиэ-уот сууйабыт, маҕаһыынтан бородуукта атыылаһан аҕалабыт, ас астыыбыт, доруобуйаларын хонтуруоллуубут уонна да араас көмөнү оҥорон, күннээҕи кыһалҕаларын чэпчэтэбит. Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/ylebit-don-olo5or-ulahan-suoltalaah/ Ульяна Степанова, Сиинэ с. @Новости газеты «Хангалас»