Кэпсиэхпин баҕарабын Ырыа куттаах Максимовтар 50 сыл бииргэ Тумул нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо Альбина Петровна уонна Егор Егорович Максимовтар тустарынан кэпсиэхпин баҕарабын. Кинилэр ыал буолан олорбуттара ыам ыйын 28 күнүгэр 50 сыллара буолла. Биэс оҕону төрөтөн, иитэн-үөрэттэрэн, ыал оҥорон билигин элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбээлэрэ, эһээлэрэ буолан олороллор. Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Егор Егорович үлэ бэтэрээнэ, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, күн күбэй ийэ Альбина Петровна үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна, «Тумул нэһилиэгин култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына. Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/yrya-kuttaah-maksimovtar-50-syl-biirge/ Лидия Христофорова, Тумул с. @Новости газеты «Хангалас»