Найти в Дзене

Сэрии кэмин оҕолоро

Сэрии кэмин оҕолоро Аҕыс ыал Украинаттан көһөн кэлбиттэр этэ… Мин «Сэрии кэмин оҕотобун» гынан баран, ону соччо өйдөөбөппүн, ол саҕана кыра буолааҕым: 3-4 саастаах этим. Боккуой эдьийбэр (Максимова Прасковья Алексеевна) 2 ыйдаахпыттан иитиллибитим. Ийэбит сыл аайы оҕолонор этэ уонна доруобуйатынан да мөлтөх буолуо. Боккуой эдьиийим мэлдьи колхозка үлэлиирэ. Сайынын килиэп үтэр, кыһынын сиэмэ бурдуктан тарыыһа диэн сыыс от сиэмэтин ыраастыыллара (бэйэтэ биир куул курдугу). Ол сыыс от сиэмэтин ыраастыырга балтыбынаан сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии көмөлөһө сатыыр этибит. Колхозка дьааһыла диэн баара, онно хабархай баҕайы амтаннаах хааһыны сиэтэллэр этэ, ону сирэн сиэбэт этим, оннук сылдьан эдьиийбэр күрээн сиэрпэнэн бурдук быһа сылдьарыгар тиийбиппин өйдүүбүн. Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/a5ys-yal-ukrainattan-kehen-kelbitter-ete/ Копырина (Христофорова) Елизавета Родионовна («Сэрии кэмин оҕолоро» кинигэттэн) @Новости газеты «Хангалас»

Сэрии кэмин оҕолоро

Аҕыс ыал Украинаттан көһөн кэлбиттэр этэ…

Мин «Сэрии кэмин оҕотобун» гынан баран, ону соччо өйдөөбөппүн, ол саҕана кыра буолааҕым: 3-4 саастаах этим. Боккуой эдьийбэр (Максимова Прасковья Алексеевна) 2 ыйдаахпыттан иитиллибитим. Ийэбит сыл аайы оҕолонор этэ уонна доруобуйатынан да мөлтөх буолуо.

Боккуой эдьиийим мэлдьи колхозка үлэлиирэ. Сайынын килиэп үтэр, кыһынын сиэмэ бурдуктан тарыыһа диэн сыыс от сиэмэтин ыраастыыллара (бэйэтэ биир куул курдугу). Ол сыыс от сиэмэтин ыраастыырга балтыбынаан сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии көмөлөһө сатыыр этибит. Колхозка дьааһыла диэн баара, онно хабархай баҕайы амтаннаах хааһыны сиэтэллэр этэ, ону сирэн сиэбэт этим, оннук сылдьан эдьиийбэр күрээн сиэрпэнэн бурдук быһа сылдьарыгар тиийбиппин өйдүүбүн.

Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/a5ys-yal-ukrainattan-kehen-kelbitter-ete/

Копырина (Христофорова) Елизавета Родионовна

(«Сэрии кэмин оҕолоро» кинигэттэн)

@Новости газеты «Хангалас»