Саха норуота былыр - былыргыттан үлэһит дьонун-сэргэтин ыһыах ыһан уруйдуур-айхаллыыр үгэстээх. Умнулла быһыытыйбыт олоҥхобутун чөлүгэр түһэрэргэ үгүс үлэ ыытыллар. Бу күннэргэ ыраах, таас хайалары уҥуордаан, Өймөкөөн улууһун Томторугар ХVI төгүлүн ыытыллыр Олоҥхо ыһыаҕа ыһылынна.
И.С.Жараев аатынан СӨ норуоттарын Аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинин үлэһиттэрэ Семен Андреев уонна Марина Винокурова бу тэрээһиҥҥэ баран үлэлээн кэллилэр.
Оператор Семен Андреев камера нөҥүө устубут үлэлэрэ үйэ саас тухары Аудиовизуальнай киин кинолетопиһа буолан үйэттэн-үйэҕэ дьон билиитигэр - көрүүтүгэр, дириҥник чинчийэн үөрэтэр дьоҥҥо-сэргэҕэ улахан суолталаах баай ис хоһоонноох пуонда буолуоҕа.
Ыһыах тэрээһинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта Сергей Местников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн Олоҥхо ыһыаҕын Национальнай тэрийэр кэмитиэтин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын уонна духуобунай сайдыытын министрэ Юрий Куприянов, А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура киинэ, Олоҥхо тыйаатыра салайааччы Мария Турантаева, “Симэх” быыстапкалыыр киин, Ем.Ярославскай аатынан музей уонна да атыттар кытынны ыллылар. Ыһыах кэмигэр буолар Оһуохай, олоҥхо, фольклор, иис-уус бары көрүҥүн күрэхтэринэн дьүүллүүр сүбэтэ, үс түүннээх күнү быһа дьоһуннаах үлэлэни оҥордулар.
Олоҥхо ыһыаҕын кыттыылаахтарын уһун-киэҥ айаннара «Халыма» федеральнай суолунан сыыйылынна.
Улуу убайбыт А.Е.Кулаковскай - Өксөкүлээх 150 сааһыгар диэри биэс сыллаах дьаһал олоххо киирэн, ол эмиэ олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр болҕомтоҕо ылылынна. Үс сэргэ турбут биэлиэ миэстэтигэр, I-кы гильдиялаах меценат-атыыһыт Н. О. Кривошапкин балаҕанын арыллыытыгар элбэх ыалдьыт санааларын үллэһиннилэр. “Үс кут–үс сэргэ” духуобунай – сакральнай экспэдииссийэ кыттыылаахтара Өксөкүлээх сыдьааннара, билим үлэһиттэрэ, ыһыах ыалдьыттара кытыннылар.
Ааспыт сыл Үөһээ Бүлүүгэ тэриллибит олоҥхо ыһыаҕар саҕаламмыт, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону ааҕыы марафонун салҕаан, Томтордооҕу модельнай библиотека үлэһиттэрэ II төгүлүн ыыттыллар. Ити курдук саха олоҥхото төрүт олохтоох норуоттар тылларынан (сахалыы, нууччалыы, эбээннии, английскайдыы) ааҕылынна.