Саха норуота былыр-былыргыттан Ийэ5э сугуруйэр угэстээх.Тыйыс айыл5алаах, ирбэт тоцноох, уьулуччу ыарахан усулуобуйа5а о5о теретен, улаатыннаран, ус саханы уескэтэн, туерт саханы тэнитэн, норуоту норуот дэтэн, кун бугунугэр тиэрдибит Ийэлэр буоллахтара. Ийэ-эбээ сылаас тыына, истиц иэйиитэ кими ба5арар оло5ун устата арыаллыыр.Ыал иллээх оло5ор ийэ оруола олус улахан суолталаах. "Хас биирдии киһи ийэттэн төрүүр. Уопсастыба инники дьылҕата ийэ оҕотун хайдах иитэн-үөрэтэн таһаарарыттан тутулуктаах. Ийэлэр оҕолорун тапталга уонна кыһамньыга ииттэхтэринэ, оҕо дойдутугар итэҕэллээх инникитигэр эрэллээх буолар. Онон ийэ суолтатын үрдэтэр, тустаах болҕомтону уурар сыалтан 2022 сылы ийэ сылынан биллэрдим"— диэн биһи дойдубут Аҕа Баһылыга Айсен Николаев биллэрбитэ. Онтон биһиги Сунтарбыт улууһугар 2022 сыл - "Дьиэ кэргэн" сылынан биллэриллибитэ.Олунньу 22 күнүгэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик аһар тэрээһиҥҥэ улууспут иллээх- эйэлээх, үтүө үлэһит дьиэ кэргэттэрэ ыҥырыллан чиэстэммиттэрэ, дьиэ к