Найти в Дзене
Лана Мөчөкө

Юбилей

50 - 75 саастарын бэлиэтээри, өрөгөй, "үбүлүөй" тэрийээри гынар дьон истиигитигэр. 

50 сааһы сахалар бэлиэтээбэттэр. Билбэттэр билиҥ. Истибэтэхтэр истиҥ.

50 сааһы төрөппүттэргэ анаан ыытар ордук. Баар буоллахтарына. Миигин ийэлээм-аҕам төрөппүттэрэ 50 сылынан диэн. Бэлэх туһах барыта төрөппүттэргэ эрэ ананыахтаах. Эн аатыҥ ааттаныа суохтаах.

Онтон, орто олох омурҕанын лаппа ааһан бараҥҥын 55 сааһы баҕар 5 да күн ыл, туох да буолуоҥ суоҕа. Маны Билээхтээбэт саха дьоно элбэҕэ сөхтөрөр. Төһөлөөх киһи сэрэппиппин, суруйбуппун аахайбаккалар, сымыйарҕаан, итэҕэйбэккэлэр, "култуураны" эрэ өрө тутаннар, анараа дайдыга аттаммыттара буолаахтыай?!

Аны 75 өстөөх саас. Абааһы чугаһыыр сааһа. 

Өлүү айаҕар биир хаамыы чугас турар саас, Ылыллыа, бэлиэтэниэ, бэйэҕин биллэриэ суохтааххын. 50 уонна 75 сааһы ыллаххына кэбириигин, мөлтүүгүн, аһааҕыраҕын, - ол аата ыалдьаҕын, сатаммат буолууҥ элбиир, дьаҥ улаатар, хара дьай сылынан ситэр. 

Эбэтэр, тус туругуҥ мөлтөөбүт, отуоруҥ хамсаабыт кэмигэр ыллаххына, - антах айанныыгын, "баараларгар" бараҕын.

Ыксаамаҥ ыалдьарга. Ыҥырымаҥ ыыстары. Ыһыллымаҥ сахалар! Абааһы аанын эрдэ аһымаҥ сахалар! 

Хара хааллын, хара Тааллын!

Таала Талбаҕа Таба Тайаныҥ!

ХАРА ТААЛА САХА ХАРЫСХА ХААНА.

#бассаапситимэ