Найти тему
Sakha Sanaata - Мысли саха

''Булуус'' – Саха сирин биир сэдэх дьиктитэ

Булуус ууллубат муустара
Булуус ууллубат муустара

Саха киһитэ мууһу уулаан иһэр үгэстээх. Күһүн муус туруута анал тэриллэрин сүгэн, чугастааҕы ууга киирэн, кэлэр күһүҥҥэ диэри иһэр мууһун ылар. Муус уута ыраас, минньигэс, иҥэмтэлээх, утаҕы ханнарымтыа буолар. Кыһын устата мууһун таһырдьаттан киллэрэн , уулаан иһэн баран, саас ылааҥы күҥҥэ саха киһитэ саас, сайын, күһүн иһэр мууһун дириҥҥэ диэри хаспыт булууһугар харайар. Онно сытар муус көрүҥүн да, састаабын да сүтэрбэт. Онно салгыы сиэниллэр эт, балык эмиэ угуллар. Ол да иһин булуус диэн сахаҕа ураты суолталаах, дириҥ быһаарыылаах.

Биллэрин курдук, Саха сирэ бытарҕан тымныылаах. Кыһын оройугар киһи тыынарыгар ыарахан, омуннаах тымныы түһэрин курдук, сайынын өҥүрүк куйааска буһабыт-хатабыт. Арыт 30 кыраадыска, онтон да аһара барар тымныыга булуус сөрүүнүн элбэх киһи ахтар. Дьэ, ол баҕаны толорон, уонтан тахса эрэ сылтан бэттэх ''Булуус'' диэн ааттанар дьикти сиргэ ыалдьыттары таһынан олохтоох дьон эмиэ хотоҕостуу субуллар буоллулар. Өҥүрүк куйаас сатыылаан турар кэмигэр ирбэккэ турар киэҥ күөл, таастар быыстарынан тыккыйа сүүрэр муус тымныы уулаах сүүрүк, күөлү иилии үүммүт баай тыа киһини уоскутар, уҕарытар, сааһылыыр. Дьэ, ону саас-сааһынан...

Сайыҥҥы булуус
Сайыҥҥы булуус

ХАЙДАХ АЙАННЫАХХА?

Ирбэт тоҥноох дьикти сиргэ хайдах тиийиэххэ сөбүй? Өскөтүн эн Дьокуускайтан хоҥнор буоллаххына, Өлүөнэ өрүһү туоруоххун наада. Онуоха икки суол баар. Бастакыта – Мохсоҕоллоох Хачыкаат өрүс суола. Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох бөһүөлэгин кытылыгар паромнар тиксэн тураллар. Онно биир массыынаҕа 300 солк. төлөөн, нөҥүө кытылы чаас курдугунан булаҕын. Онтон ''Булуус'' баара эрэ 15 км чугас. Иккис суол – Дьокуускай (Даркылаах) - Аллараа Бэстээх. Итиннэ паром сырыыта өссө элбэх. Эмиэ итиччэ сыанаҕа Аллараа Бэстээх кытылын булан, 90 км сири айаннаан, тоҥ кыаһаан дойдуну – ''Булууһу'' булуохха сөп. Билигин сатыы сылдьар киһи элбээтэ. Оннук айанньыттар Дьокуускайтан өрүс пуордуттан 500 солк. оҥочолорунан туоруохтарын сөп. Онтон салгыы аспаал суолунан 90 км сатыы айанныахтарын эбэтэр массыына булунуохтарын сөп. Орто сыана – 500 солк. Суоппары кытта хайдах кэпсэтэргиттэн эмиэ тутулуктаах.

БЭС ЧАГДА ЭҺИГИНИ КӨРСӨР

Тыраассаҕа булууска тиийэргэ ыйар сурук-бичик элбэх. Көнө суолунан чаас аҥаарыттан ордук айаннаан, уҥа диэки киирэҕит. ''Булууска'' диэри үөһээ харбаспыт мастардаах, ис-иһиттэн будьуруйан үүммүт оттоох-мастаах, киһи тыҥатыгар толору, астыктык киирэр салгыннаах бэс чагда арыаллыыр. Куорат олоҕуттан, күннээҕи түбүктэн уоскуйуу, уҕарыйыы тута киирээччи. Онно эбии чыычаах ырыата, тоҥсоҕой торулуура, сөрүүн тыал лабааны суугунатара - бэйэтэ туһунан муусука. Тыа быыһынан сыыйыллаҕас суолу батыһан, өр буолбакка, күрүөлээх-хаһаалаах бүччүм сиргэ тиийэҕин. Бу - булууска киириигэ ис киирбэх паарка. Массыынаны анал сиргэ туруоран, каассаттан билиэт атыылаһан, иһирдьэ өр буолардыы хомунан киириэххэ сөп. Эн Саха сирин биир киэн туттуутун - төгүрүк сылга ирбэт тоҥноох дьикти күөл кытылыгар үктэнниҥ.

ТЫА ДЬИКТИ АЛЫБА

Бэс мас тулалаах, ыраас салгыннаах ырааһыйаҕа кыракый беседкалар тураллар. Хайатын таларгын бэйэҥ билэҕин. Хас биирдиилэрэ үрүттээх, остуоллаах, ыскамыайкалаах, мангааллаах. Тыа чуумпутун, хартыынатын таптааччылар иһирдьэ киирэн, бэс тыа салгыныгар дьаарбайыахтарын, отун-маһын, көтөрүн көрүөхтэрин сөп. Олус ыксаабакка, чэйдээн, кэпсэтэ түһэр ордук. Күөлтэн илгийэр сөрүүн салгын, уу тыккырыыр тыаһа хайыы үйэ уоскутан, уҕарытан ырааппытын өйдүөххүт. Сиргэ кэлбит киһи айах тутарын умнуо суохтаах. Алаадьыҥ суох буоллаҕына, килиэп, бурдук ас тооромоһун, чэй сэбирдэҕин сиргэ уураар. Уот отуннахха, арыылаах алаадьынан эбэтэр килиэбинэн айах тутаар. Сир-дойду иччитэ үөрэн, айаҥҥын алгыа, этэҥҥэ сылдьыаҥ.

Ирбэккэ турар күөл киэҥ иэнэ билиҥҥитэ көстүбэт. Ол эрээри дьикти көстүү, кэрэ хартыына аллараа кэтэһэн турарыттан киһи иһэ кычыгыланааччы, хайдах да тэнийэ, холкутуу сатаабыт иһин, киһи онно бараары ыксааччы. Уопсайынан, саха айылгыта киэҥ, холку. Сиргэ-уокка таҕыстахха, ол майгынан олус омуннурбакка, алыс айдаарбакка, ыксаабакка, аргыый-наллаан сылдьар ордук. Онон Саха сирин биир кэрэ миэстэтин көрөрдүү, салгынын ылан тэнийэрдии оҥостон, ыллыгы батыһан күөлгэ киир.

Саха сирин кэрэ күөлэ - Булуус
Саха сирин кэрэ күөлэ - Булуус

ИРБЭТ ТОҤ ДЬИКТИ КҮҮҺЭ

Сыыр үрдүттэн эн иннигэр харах ыларынан муус маҥан саарыстыба аанын арыйар. Дьэ, бу - сайыннары ууллубат киэҥ нэлэмэн, хатыламмат кэрэ көстүү. Булуус! Кирилиэһинэн түһэн иһэн тыккыраччы сүүрэ турар ыып-ыраас үрүйэ уутуттан баһан, муус тымныы ууну куолайынан ыытан, утаҕы ханнаран ааһар ордук. Айылҕа амтанын иҥэриммит, бэл, салгынныын сибиэһэй уу киһини тута сэргэхситэр, сүргэни көтөҕөр, санааны уоскутар. Салгыы ирбэт тоҥ киэҥ иэнигэр киирэн, тулаҕыттан үргүйэр сөрүүн салгынтан киһи күлүөн, үөрүөн, эргийиэн баҕарар! Айылҕа – улуу маастар, ураты уус. Эргиччи барыта ирэн, ууллан, тохтон турар өҥүрүк куйааска бүтүн күөлү муус кыаһаан тутан турара дьикти диэтэҕиҥ! Ханан да саркааһа суох ньуур киһи анаан аалбытын курдук көнө. Ыраас, дьэҥкир муус нөҥүө күөл ото-маһа кытта көстөр. Ким эрэ сырылыы дайыа, ким эрэ биэс лабаатын саратан, сыта түһүө, ким эрэ олорон эрэ саҥата суох тулатын көрүнүө, ким эрэ үөрүүтүттэн, дьолуттан күөмэйин муҥунан хаһыытыан баҕарыа. Итинник араас санааны саҕар бу дьикти сир.

Булуус оһуордара
Булуус оһуордара

Дьэ, итинник иэйии араас тиһиликтэрин билэн, айылҕа кэрэ көстүүтүттэн дуоһуйан, чыҥха атын киһи буолан бу сиртэн араҕыахха сөп. ''Булуус''Саха сирин биир сэдэх дьиктитэ, сиэрдээх киэн туттуута, халлаан аннынааҕы үйэлээх пааматынньыга. Онон Саха сирин киэҥ уораҕайын тумнума, дойдуҥ өссө биир кэрэтин көрөргө былааннан.

Хаартыскалар satal-tour.ru, travel-ykt.ru, satal-tour.ru саайтартан ылыныллылар.