Добавить в корзинуПозвонить
Найти в Дзене

Хоһоон тылынан

Хоһоон тылынан   ДОЙДУБУТ МӨССҮӨНЭ  Ийэ сир хоруону иҥэрбит буоругар, Тохтоло суох тимир ардаҕар, хаан тохтор. Ирдэһэр суорума суол устун муннугар... Тураллар кэриэстии — Тулаайах оһохтор! Уот-сэрии сүрэҕэр сайыһан барбыттыы, Кыайыыга уолларын алгыстыыр ийэлэр... Уһуктан соһуллар кутталы, курдаттыы Көрөллөр, тэнийэн умайбыт мас дьиэлэр! Быстары билбэппин,                                    Эһиэхэ хатыылаан — Букатын баар буоллун,                                       Эйэлээх күөх халлаан! Эрэй-муҥ долгуна иһиирэр буруоҕа, Иэдээҥҥэ мас буолан оттуллар көлүөнэ. Эрэнэн этэбит : "Өстөөхпүт охтуоҕа!" — Ити баар! Дойдубут билиҥҥи мөссүөнэ... Бороҥ күн адьарай төрүтүн кэрдээри, Төлкөбүт туһугар тиис тиискэ аалыллар! Боотур аан дойдуга уунаары мичээри,  Тымырга хаан турар, харахха — Сарыаллар! Быстары билбэппин,                                    Эһиэхэ хатыылаан — Букатын баар буоллун,                                       Эйэлээх күөх халлаан!   Гаврил АДАМОВ. @Новости газеты «Хангалас»

Хоһоон тылынан

 

ДОЙДУБУТ МӨССҮӨНЭ 

Ийэ сир хоруону иҥэрбит буоругар,

Тохтоло суох тимир ардаҕар, хаан тохтор.

Ирдэһэр суорума суол устун муннугар...

Тураллар кэриэстии — Тулаайах оһохтор!

Уот-сэрии сүрэҕэр сайыһан барбыттыы,

Кыайыыга уолларын алгыстыыр ийэлэр...

Уһуктан соһуллар кутталы, курдаттыы

Көрөллөр, тэнийэн умайбыт мас дьиэлэр!

Быстары билбэппин,

                                   Эһиэхэ хатыылаан —

Букатын баар буоллун,

                                      Эйэлээх күөх халлаан!

Эрэй-муҥ долгуна иһиирэр буруоҕа,

Иэдээҥҥэ мас буолан оттуллар көлүөнэ.

Эрэнэн этэбит : "Өстөөхпүт охтуоҕа!" —

Ити баар! Дойдубут билиҥҥи мөссүөнэ...

Бороҥ күн адьарай төрүтүн кэрдээри,

Төлкөбүт туһугар тиис тиискэ аалыллар!

Боотур аан дойдуга уунаары мичээри, 

Тымырга хаан турар, харахха — Сарыаллар!

Быстары билбэппин,

                                   Эһиэхэ хатыылаан —

Букатын баар буоллун,

                                      Эйэлээх күөх халлаан!

 

Гаврил АДАМОВ.

@Новости газеты «Хангалас»