03:081,0×00:00/03:08Рыся и ребята .234,6 тыс смотрели · 5 месяцев назадПодписатьсяУ нашего котика Сени День рождения . Спи спокойно , мой любимый . В память о Сене.
TSC | MIRRA MEDIA GROUP876 читали · 2 года назадПодписатьсяИркэ | Бары тик саубуллашу | Текст песниХушлашуларны теләми, Мин буген синен белән. Каерып алып китәсең Җанымны узең белән. Юк, китмә дип әйтә алмадым Бәгерләр өзелсәдә. Кайтырсың бит яннарыма Син исән-имин генә. Киткән чакта назлап кына Кочакларыңа алдың. Эчтән генә син узең дә Сагыш утында яндың. Кайтырмын мин, кайтырмын дип Вәгъдәләр биреп киттең. Көтәрмен дип, көтәрмен дип Мин дә бит сузләр бирдем. Юлларыңда фәрештәләр Канатын җәеп торсын Куенындагы догалар Гел сине саклап барсын Кайтчы зинһар әйләнеп бер Син кабат илләреңә...
02:201,0×00:00/02:20Рыся и ребята .72,4 тыс смотрели · 4 месяца назадПодписатьсяСеня рядом и Белла пришел. Былое
Харысхал Хотун8 месяцев назадПодписатьсяСахам дьоно, Сырдык күнүнэн! Улуу Суорун Айыы. Улуу Суорун Айыы –идэ, үлэ, кыһыҥҥы дьиэ-уот Айыыта. Кини балаҕан ыйыгар, кыстыкка тахсарга көмөлөһөр: айар, ыйар. Күннээҕи олоххо: эҕэҕэ (оҕоттон аҕа, эр буола илик улааппыт оҕоҕо)- ханнык үөрэҕи таларыгар; улахан дьоҥҥо - идэ-үлэ көрдөнөллөрүгэр, идэлэринэн үрдүүллэригэр, суолларын сөпкө талан, ааны арыйалларыгар күүс-көмө буолар Айыы. Көрдөһөргөр: аатын ааттыыгын, алгыс тылын бэйэн ис-сүрэххиттэн этэҕин, алаадьылаан күүс-көмө буолбутугар махтанаҕын. Улуу Суорун сүрүнүнэн идэлээх, Айылҕалаах дьон - Айыыта диэн биллэр. Саха киһитигэр идэ хааныгар барыларыгар баар, бары ааны арыйар кыахтаахпыт: үөрэн, үөр этэрин иһит , иккиһи, иһи бул. Өбүгэ этэринэн, дьиҥ идэҕин ылынаргар Улуу Суорун таһымын ааһыахтааххын, суолгун суорунуохтааххын. Улуу Суорун – Саха итэҕэлинэн, куттарын сайыннарбыт, Айыылары кытары ситимҥэ тахсыбыт дьон таһыма. Бу турукка киһи ананан кэлбит идэтин, сөбүлүүр дьарыгын, дьоҕурун, талаанын көмөтүнэн, өбугэтин ситиминэн, Айыылар быһаарыыларынан тиийэр. Улуу Суорун Айыы уйаланар халлаана - алтыс , Айыылардыын алтыһар таһым, дьүһүнэ- чаалай өҥ. Алтыһыы диэн аал, ыыт ыһыы. Ыһыы өйдөбүлэ киэҥ – ууһаа, кэҥээ, элбээ, тэний –оҕо төрөт, итэҕэлгэ иит – итэҕэл сиэмэтин ыс, Аал Луук маспыт үүнэрин, сайдарын туһугар. Уйатыгар - Эмчиттэри, Отоһуттары, Ойууттары, Удаҕаттары, Уустары, Иистэри, Тыл уустарын, Олоҥхоһуттары, Тойуксуттары, Оһуохайдьыттары, Алгысчыттары, Ырыаһыттары, Суруйааччылары уонна да атыттары иитэн таһаарар. Идэ, дьарык, дьоҕур билиҥҥи кэмҥэ элбэх, тугу талыы ыйытыытыгар -өрүү бэйэн куккун-сүргүн иһит. Сөпкө ааҥҥын таллахха - Айылҕан арыллар. Улуу Суорун Айыы суолгун суораргар харысхал-араҥаччы буолар, кини эйиигиттэн ууттан ылан, ороон дьоҥҥо тириэрдэргэр, билиигин уунаргар баҕарар, ирдиир. Бу таһымҥа тиийбит киһи сүрүн сыала-соруга дьону иитии, билиитин тарҕатыы, үөр эппитин дьоҥҥо тириэрдии, туһа оҥоруу. Хараҥата суох сырдык суох, түүнэ суох күнүс суох, хараҥа уонна сырдык киһиэхэ барытыгар баар, эн бэйэн талаҕын, бэйэн оҥороҕун барытын бу сиргэ. Аллараа Дойду таһыма –куттал –кут тал, Орто Дойду – таптал – таба тал, Үөһээ Дойду –махтал –аманы, аах, тал. Бэйэн талаҕын, аалаҕын, ыгыы ынаҕын, гынаҕын. Үтүөнү баҕарар буоллаххына - утүөнү оҥор, хараҥаҕын сырдыккын эйэлээ, эйэни бэйэн эб. Идэ диэн Былатыан Ойуунускай “Улуу Кудаҥса” олоҥхотугар “сэп” дэммит, этиллэ сылдьар- эп, эбэтэр эс, барыта бэйэн илиигэр, ол эрэн “сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа” диэн эмиэ этиллибитин өйдөө: ити тыллар оҥорор эрэ киһи туһунан буотах, сэмэлиир киһи эмиэ сэттэнэр, ол иһин идэлээх дьону таарыйбаттар, ытыктыыллар, һаллаллар. Кэм уларыйар кэмигэр: элбэх Саха киһитэ арыллар, бэйэтин өйдөөбөккө куттанар. Айыылар, өбүгэлэр эйииигин талбыт буоллахтарына-ылынаҕын эрэ. Идэ хаанынан бэриллэр, эн хаан сатаан ааны арыйар кыахтаах буолан талаллар, тулуйан айаргын, ыйаргын кэтэһэллэр, тылга бэйэтигэр баар – Хаа Аан. Суорун диэн – уус ылын биэрбиттэрин, онтон үөр этэрин иһит, үөрэн, дьэ онтон, ол билиигин ууттан –эйгэттэн ороон таһааран - доҥҥор, уруугар уун диэн. Сахам дьоно, Айыыларбытыгар орто дойдуга дьиэ оҥорон, мөссүөннэрин харысхалларга түһэрэн, хас Саха дьиэтин аайы тарҕатыаҕыҥ, Итэҕэлбитин тилиннэриэҕиҥ, бэйэбит Айыыларбытыгар эмиэ күүс-көмө буолуоҕуҥ, кэлэр кэнчээрилэрбитин харыстыаҕыҥ!!! Харысхал Хотун.